Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хайбаҥалаа

хайбай диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Оҕонньор эрдиитин туппутунан күөл диэки хааман хайбаҥалыы турда
Ата хайбаҥалаан, атаҕын иҥэһэттэн сатаан араарбакка, киһи баатыйалаан сиргэ тайана түстэ. Болот Боотур
[Киэсэ] барбахтаан иһэн массыынатын кэнники көлөһөтө тэстэн уҥа-хаҥас хайбаҥалаата. Күрүлгэн


Еще переводы:

эймэҥэлэт

эймэҥэлэт (Якутский → Якутский)

  1. эймэҥэлээ диэнтэн дьаһ. туһ. Пианиноҕа төбөтүгэр дьүөрэтэ суох сарбайбыт улахан маҥан баанчыктаах кыыс тарбахтарын дьикти имигэстик эймэҥэлэтэн оонньуу олороро. П. Аввакумов
  2. Түргэн-түргэнник илибириир, хайбаҥалыыр курдук хамсат (хол., кутуруккун). Вилять, подрагивать, шевелить (хвостом)
    Оҕонньор: «Чуут!» — диэбитигэр Моойторук буруйданан, кутуругун эймэҥэлэтэ-эймэҥэлэтэ дьалты баран биэрдэ. Л. Попов
    Кырдьаҕас ыт доҕордуу быһыынан кутуругун эймэҥэлэтэ-эймэҥэлэтэ, төттөрү барбыта. «ХС»