I
аат. Ходуһаҕа сиик тохтообот үрдүк, кураайы сирэ, кырдал. ☉ Сухое возвышенное место на лугу
Улахан ардахтаах эрэ саас буоллаҕына, хайырҕа оттонор. Т. Халыев
Күөл уулаах турдаҕына, уолбаларын, хайырҕаларын туһаныы быдан элбэх барыстаах буолуоҕа. «ХС»
Ходуһа хайырҕата оттоммот, ол иһин сыһыыны төгүрүччү ойуур былдьаан иһэр. ПНИ ИС
II
хайырҕа таас — сытан эрэ сааһынан көөрөттөн үлтүрүйбүт үксүн хаптаҕай быһыылаах таас кэлимэ. ☉ Обломки горных пород, щебень
Хайырҕа таас быыһыгар сорох хайаҕа олохсуйар дьоҕус көтөрдөр уйаланаллар. ИВС ЭТТ
Якутский → Якутский
хайырҕа
Еще переводы: