Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хандаҕай

I
аат., түөлбэ. Тайах. ☉ Лось, сохатый
Хандаҕай тайах диэн өйдөбүлгэ биһиэхэ туттуллара урут сурукка бэлиэтэнэ илик этэ. «Кыым»
монг. хандгай, бур. хандагай
II
даҕ., фольк. Хадаар майгылаах, өһөс. ☉ Упрямый, строптивый
Ала Дуурай бухатыыр Адаар хара тыаны Атаҕын Аннынан Аймаан айанныыр Алып хандаҕай атын Өрүкүтэн аҕаллылар. П. Ядрихинскай


Еще переводы:

бөскөй

бөскөй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт.
1. Үллүбүт курдук суон, модьу көрүҥнээх буол (улахан уҥуохтаах киһини эбэтэр сүөһүнү, кыылы этэргэ). ☉ Бросаться в глаза своей тучной и крупной фигурой (о человеке высокого роста, а также о крупном животном). [Өксөкү кыыл — Эрчимэн Бэргэҥҥэ:] Алып Хандаҕай хара аттаах Араат Мохсоҕол бухатыыр Туспа ыал буолан дугуйдамматын, Сэпсэбиргэл тэринэн сиппэтин, Миэхэ кэлэн …… Хамначчыт уол буолан Суорумабар соноотун, Тарбар дагдайдын, Бөлөнөхпөр бөскөйдүн диир. С. Васильев
△ Толору угууланан үллэй, тилэри үллэйбит дьүһүннэн (туох эмэ хааны, суумканы этэргэ). ☉ Иметь до предела набитый вид (напр., о портфеле)
[Мөрүөн] …… сыыр анныгар тимир иилэҕэс быалаах обургу саппыйаан суумка бөскөйөн сытарын көрөн, маҥнай ылыа суох киһилии тохтоон, одуулаан турбахтаата. Д. Таас
△ Илийэн, сиигирэн тыылын, дыгдай (хол., үүнээйи сиэмэтин этэргэ). ☉ Набухать от влаги (напр., о семенах растений).
2. кэпс. Туһата суох мээнэ өл (сүөһүнү этэргэ). ☉ Падать, дохнуть негодным ни к чему (о скоте). Бөскөйөн өлбүт сүөһү этин сиэбэттэр