туохт., эргэр. Тугу эмэ сүгэһэргэр, хааҕа, мөһөөччүккэ ук, хаалаа. ☉ Поместить, вложить что-л. в сумку, в мешок
[Эмээхсин] Тиһик ситтэ, Сэлэ туолла, Тиэргэн кэҥээтэ. Хаппарданаргын хааллар, Хааһахтанаргын уурат, Сэтэ ситиэ, Сэҥкилэ туолуо. Саха нар. той. IV
[Сорук Боллур уол — Күн Толомон Ньургустайга:] Сыалдьаҕын хаппарданан, Сутуруоҕун тоҥолохтонон Түргэнтэн түргэнник Тиийэ охсоҥҥун Кулун Куллустуур Омунун уҕарытыаҥ, Уоҕун харатыаҥ үһү. ТТИГ КХКК
Якутский → Якутский
хаппардан
Еще переводы: