Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хатыгырай

хатыгыраа диэн курдук
Ньургун дьэ хараҕа сырдаата, мутуктан мутукка мүччү-хаччы үктэнэн, түргэнник хатыгырайан сиргэ түстэ, киһитигэр тиийдэ. Болот Боотур
Ийэ салгыы ыйыппата. Хатыгырайда үлэтигэр. Р. Баҕатаайыскай
Кубарыйа хаппыт дүлүҥ устун дөлүһүөнү уоппут моҕотой хатыгырайа сүүрэр. А. Фёдоров

хатыгыр

хатыгыр курдук — хатырбыт курдук. Словно покрытый цыпками
Хара кылабачыгас түүлэрдээх хатыгыр курдук атахтаах, супту түспүт тумустаах, тэнтик-мунтук көппүт, тэлиэс-былаас дайбаабыт …… тураах көтөрүм тус илин диэкиттэн көтөн-мөҥөн кэллэ. Н. Павлов


Еще переводы:

хатыгынай

хатыгынай (Якутский → Якутский)

хатыгырай диэн курдук
Айыы Нуоралдьын хотун …… Хап-сабар хатыгынайан туран, Бууттаах сонун, буобуралаах бэргэһэтин Таҥнан-симэнэн Наҥнас гына түстэ. П. Ойуунускай
Хараҥатынан уйдаран, Харса суох хатыгынайан, Субу кэллэ угуйуубар Эриэн моҕотой барахсан. Урсун

олдьуот

олдьуот (Якутский → Якутский)

көр олдьот
2
Хадьымал саҕалаан хатыгырайда, Бугул түгэҕэ харбаан муҥнанна, Оҕус сиэтэр олдьуот оҕо буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй
Оҕонньору кытта бүгүн Микиитэ уола олдьуот уол — Мотохоон кииристэ. И. Эртюков