аат. Хортууска (хол., байыаннайга) анньыллар анал тимир бэлиэ; анал тигиилээх, тимир бэлиэлээх хортуус (хол., байыаннай). ☉ Кокарда; фуражка с кокардой
Эппилиэттээх элбээтэ, хахаардалаах халыҥаата, куортуктаах куодарыста, мэтээллээх мөтөлдьүстэ. Болот Боотур
Оҕолор харахпыт хахаардалаах бэргэһэлээх хас да байыаннайга хатаммыта. В. Иванов
[Сахаяна] почтальоннар килбэҥнэс тимэхтэрдээх мундирдарыгар, хахаардаларыгар ымсыырбыта. Тулхадыйбат д. Уолаттар Валерийга аҕата бэлэхтээбит речник хахаардалаах фуражкатын ымсыыра көрбүттэрэ. ВВ ЫСЫ
Якутский → Якутский
хахаарда
хахаар
туохт.
1. «Ха-хаах» диэбит курдук саҥаны таһааран үрүт-үрдүгэр улаханнык хаһыытаа (үксүгэр куурусса, куоҕас туһунан). ☉ Кудахтать (о курице), гоготать (о гусе, гагаре)
Дьиэ кэтэҕэр бөтүүк хахаарда. Н. Габышев
Куурусса ханна эрэ энэлийэ хахаарда. М. Тимофеев
Хараҥаҕа уодаһыннаахтык куоҕас хахаарда. «ХС»
2. көсп. Олус улаханнык саҥа таһааран, айаххын ата-ата хаһыытаа, күл. ☉ Громко кричать, хохотать, широко раскрывая рот
Микиитэ кыайан туттуммакка, толоостук, акаарытык күлэн хахааран кэбистэ. Амма Аччыгыйа
Сэһэргээччилэр да, истээччилэр да уҥатаала күлэн хахааралларын истэ-истэ, Оҕотоойоп …… кыбыста быһыытыйара. Софр. Данилов
Адьарай кыыһа …… Хахаара-хахаара Хаанынан хаһыырда. П. Ядрихинскай. Ойуун куоҕастыы хахаара сытта. П. Ламутскай (тылб.)
ср. алт. каакта ‘кудахтать (о курице)’
Якутский → Русский
хахаар=
1) кудахтать; гоготать; куурусса хахаарар курица кудахчет; куоҕас хахаарар гагара гогочет; 2) перен. кричать по-петушиному, кричать петухом.
хахаарт=
побуд. от хахаар =.
Еще переводы: