Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хаһаайыстыбалан

туохт. Хаһаайыстыбалаах буол, хаһаайыстыбата тэрин. Иметь какое-л. хозяйство, организовать хозяйство
[Өрүүскэ:] Холкуоска холбоһон олорон, улуу кэскиллээх үлэлэри таһаартаан, халыҥ хаһаайыстыбаланнахпытына, биһигини туох да кыайан хотуо суоҕа. Күндэ
Аҕата оҕонньор өлбүтүн кэннэ олоҕор көнөн, кыра хаһаайыстыбаланан барбыта. Ойуку


Еще переводы:

дьиэлэн-уоттан

дьиэлэн-уоттан (Якутский → Якутский)

туохт. Кэргэннэн, ыал буол, туспа хаһаайыстыбалан. Обзаводиться семьей, жить отдельным домом, хозяйством
Бачча сааспар дылы аҥаардас сылдьан-сылдьан баран, дьэ дьиэлэнним-уоттанным. А. Софронов
Бэйэтэ дьиэлэнэн-уоттанан баран, хайдах хотун буолбута биллибэт эбээт. Амма Аччыгыйа
Үйэлээх сааһын тухары дьиэлэммэтэх-уоттамматах, ырыаҕа ылларбыт, тойукка туттарбыт эрэйдээх этэ. Н. Якутскай