Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хобуох

даҕ., эргэр. Хоппойон көстөр, хоппоҕор. Выпуклый, выступающий, выпирающий
[Уот Уһутаакы:] Дьэ, хотуой, Дьэс иэдэс, Дьэбин сирэй, Хобуох эмэһэ, Хойуос тумус — Эппит тылбын умуннаргын эрэ Эккиттэнхааҥҥыттан иэстиэм буолуо. П. Ойуунускай


Еще переводы:

ходьороҥ

ходьороҥ (Якутский → Якутский)

даҕ. Түргэн, сиэлиисүүрүү былаастаах суһал, тиэтэл (сырыыны, хаамыыны этэргэ). Быстрый, торопливый, скачущий (о походке, поступи)
Абааһы кыыһа …… Ходьороҥ дьоруонан Хобуох ойон кэлэн, …… Ытылла-хоххулла, Ыралыы олорбута үһү. П. Ойуунускай
Уҥуор үктэнээт, таҥна оҕуста, ирээри, ходьороҥ сүүрүүнэн астарда. СЮ ЫБ
Ходьороҥ айан көр айан
Оннооҕор тротуарынан сылдьар сатыы дьон биир кэм ходьороҥ айанынан хаамсаллар. Н. Якутскай

дьэбин

дьэбин (Якутский → Якутский)

  1. аат.
  2. Тимир салгыҥҥа оҕустаран, сииккэ ылларан буорту буоларыттан тахсар араҕастыҥы-кыһыл, кытархай, кирпииччэ, чаҕылхай халлаан күөхтүҥү, от күөҕэ (хол., алтаҥҥа) дьүһүннээх көлбөх, хох. Ржавчина
    Дьэбиҥҥэ ылларбыт. Дьэбин быһа сиэбит. Дьэбинин ыраастаа.  Алтан, көмүс дьэбинэ туох да сүрдээх күүстээх дьаат буолар куолута. А. Софронов
    Тимири дьэбин кэбирэтэр, киһини санаа алларытар. Күннүк Уурастыырап
    Сахалыы тыл баарын тухары, Эн тылыҥ дьэбиҥҥэ сиэппэтин. Эллэй
  3. көсп. Санаа-майгы сүлүһүнэ, хоһоҕо, куһаҕана. Ехидство, злопамятность
    Сууйуом-тарыам Дьэбиҥҥит, ньоҕоххут килбэйиэр диэри, Өйгүт-сүрэххит ырааһырыар диэри. И. Алексеев
  4. даҕ. суолт. Дьэбин курдук (араҕастыҥы-кыһыл, кытархай, кирпииччэ, чаҕылхай халлаан күөхтүҥү, от күөҕэ) өҥнөөх. Рыжий, цвета ржавчины (желтоватый, желто-красный, красно-бурый)
    Соххор содуома буолла, ый быыһа дьэбин кугас хараҥа тиксиһэ түһэн кэбистэ. ПЭК ОНЛЯ I
    [Кытай Бахсылааны уус] Аҕыс анньыыны Адаарыччы аспыт курдук, Дьэбин күөх тиҥсири хара тиистэрэ Дьэбидийэн атыгыр гына түстүлэр. П. Ойуунускай. Күөх от араас өҥө - сырдык изумруд таас өҥүттэн оливковайга диэри, чаҕылхай күөхтэн дьэбин курдук араҕаска уонна күрэҥҥэ диэри - сүҥкэн хартыынаҕа курдук улахан куччугуй толбон буолан дэлэйэн сыталлар. ДСН Т
    Дьэбин амтаннаммыт - айаҕын амтана кубулуйбут, куһаҕан, хабархай амтаннаммыт (ыалдьан, арыгылаан). Ощущение неприятного, горьковатого вкуса во рту (у человека нездорового или накануне много выпившего алкоголя)
    [Яков] төбөтө дыҥ курдук, …… Айаҕа дьэбин курдук амтаннаммыт. Бэлэһэ кууран хаалбыт - утаппыта олус. Н. Заболоцкай. Дьэбин дьиэһий көр дьэбин уоһуй (уос)
  5. Улуу Кудаҥса обургу …… дьэ, эбии дьэбин дьиэһийдэ, дьэ, эбии тыйыс дьүһүннэннэ. П. Ойуунускай. Дьэбин сирэй үөхс. - күлбэтүөрбэт, хаана кэйбэт, тымныы, дьэбидийбит сирэйдээх киһи. букв. ржавая рожа (о человеке с бесцветным или холодным, суровым лицом)
    Дьэ, хотуой, Дьэс иэдэс, Дьэбин сирэй, Хобуох эмэһэ, Хойуос тумус - Эппит тылбын умуннаргын эрэ Эккиттэнхааҥҥыттан иэстиэм буолуо. П. Ойуунускай
    «Аҕам өстөөх хаххата Буолла, сууттааҥ!» диэбитэ. Ити иһин Павелы Кини өстөөх эһэтэ - дьэбин сирэй Сергей, Өлөрөөрү - кынчаалы Түүнү быһа биилээтэ. Эллэй. Дьэбин уоһуй (уос) - 1) сөбүлээбэккэ кыыһыран, күлүгүр, тыйыһыр (сирэй туһунан). Потемнеть (от злости, гнева), помрачнеть (о лице)
    [Сэдьүк оҕонньор] дьэбин уоһуйа түһээт, Уйбаанча диэки сүр хатыылаах баҕайытык көрбөхтөөбүтэ. Н. Якутскай
    Иҥиэтин, уорастый, тыйыһыр (хаан-сиин, киһи көрүҥэ бүтүннүүтэ). Иметь угрюмый, неприступный, мрачный вид
    Бадаайкын хаана-сиинэ быһытталанан, уруккутунааҕар өссө ордук дьэбин уоһуйбут этэ. Д. Таас
    Валерий быһыыта-майгыта биллэ уларыйда. Күлбэт-оонньообот, биир кэм дьэбин уоһуйан сылдьар. Софр. Данилов
    Мин эйигин кууспут күммэр Иккиһин төрөөбүтүм. Урукку дьэбин уоспут Дуолан Хара оннугар Ыраас халлаан боотура, өттүк баттанан Күлэн күлүмнүү турара. И. Гоголев; 2) дьиппиэн, дьэки-курус буол, курас, тымныы көрүҥнэн (үксүгэр айылҕа көстүүлэрин этэргэ). Становиться хмурым, мрачным, пасмурным (обычно о погоде, дне, небе и т. д.); приобретать неуютный, холодный вид
    Былыт ордук хойуннаҕына, халлаан дьэбин уоһуйан, ыгыллан кэлитэлиир. Амма Аччыгыйа
    Саҥардыыҥыта аҕай үөрэ-көтө, тигинии-таҕыныы олорбут сайылыктар иччитэхсийэн, чуумпуран, дьэбин уоһан хаалбыттара. Н. Заболоцкай
    Хара тыа дьэбин уоһуйан иччилээхтик хараара барыйан турар. П. Филиппов
    Дьэбин уутун курдук - боруҥуй, кытарымтыйар, боруор (өҥнөөх). Темный, красно-бурый (цвет)
    Кини дьэбин уутун курдук боруҥуй харахтаах, орто уҥуохтаах, түөрт уончатын ааһан эрэр киһи. М. Доҕордуурап