Якутские буквы:

Якутский → Русский

хой

сущ.
баран, хой баһын туойума - не говори о пустом (буквально - не воспевай голову барана), хой баһа дойҕох - словоблудие, пустой разговор.

Якутский → Якутский

хой

I
даҕ. Ис хоһооно суох, кураанах, дойҕох (тыл-өс туһунан). Бессодержательный, пустой (о речи)
Дэҥҥэ, ханнык эрэ сир баһыгар, ити курдук этэр, кэпсэтэр ускахтарын дуораана кэлэрэ. Атын, түһээн да көрбөтөх дьоннорун хой дойҕохторо. С. Дадаскинов
[Кириисэ:] Куттаан-куттаан бүтэн баран, Кураанах хой хайҕаллаах, Булгуччу да моһуогуран Бу кыыс сүттэ быһыылаах! «ХС»
Хой баһа — 1) мээнэ, солуута, ис хоһооно суох тыл-өс, санаа-оноо. Чушь, вздор, ахинея
Хой баһа хоһоон субуллар, дойҕох тойук суккуллар. Л. Попов
Дьэбдьиэ …… олоҕо суоҕу ыралыы, хой баһын саныы сыппыта эмискэ суох буолла. Болот Боотур; 2) олус ыраах. Очень далеко, на большом расстоянии от кого-чего-л.
Саҥа оҥостуоҕу, хайыһар хаптаһына буолар маһы таастан булбаккын, маска тиийэр хой баһа. Болот Боотур. Хой баһа тыл көр тыл II. Хой баһа тыллаах киһи. Хой баһын (тойугун) туой (тарт, тыл- лас) — мээнэ, туох да олоҕо, сыһыана суоҕу, киһи итэҕэйиэ суоҕун саҥар. Молоть вздор, городить чепуху
Чэ, хой тойугун тардыаҕыҥ, күн көрүн түһэриэҕиҥ. И. Гоголев
Тыаҕа сатаан сылдьыбат дьон хамсыы түстэллэр эрэ, хой баһын тарда сылдьар буолаллар. Н. Босиков
[Омуннаах уол] Арыт таба этэр, Син түөрдү ылар. Арыт түҥ-таҥ эрдэр Хой баһын туойар. Баал Хабырыыс
Нойоон, эн хой баһын туойаҕын, олоҕу билбэт, хаҥыл буолаҥҥын. «Чолбон»
Тугу эмэ кэпсээтэҕинэ, букатын хой тойугун туойар, көрдөрөн олорон сымыйалыыр. «ЭК»
II
аат. Бараан. Баран
Таһыттан хара кыыс сибилигин өлөрүллүбүт хой иһин, сулуйуллан кырбаммыт этин икки иһиккэ тутан киллэрдэ. Н. Лугинов
Араас тэбиэн, хой сүөһүлэр ирбэт тоҥ муус дойдуга суохтар. КДьА
Күөх дуолга хой (бараан), сылгы, ынах үөрдэрэ мэччийэллэр. «ХС»
др.-тюрк., тюрк. хой

Якутский → Английский

хой баһа

a. stupid, rubbish


Еще переводы:

баран

баран (Русский → Якутский)

сущ.
хой
стадо баранов - хой үөрэ

блеет

блеет (Русский → Якутский)

гл
бээҕиниир (хой)

баранина

баранина (Русский → Якутский)

сущ
(мн. ч. нет)
хой этэ

абсурд

абсурд (Русский → Якутский)

м. абсурд, адьас сыыһа, хой баһа.

көбдьөөркөй

көбдьөөркөй (Якутский → Якутский)

даҕ. Улахан, хойуу, эҥээрийэр (саҥа туһунан). Громкий, басистый, протяжный (о голосе)
Көбдьөөркөй хойуу саҥалаах. С. Никифоров

түүлэнии

түүлэнии (Якутский → Якутский)

түүлэн диэнтэн хай. аата. Тииҥ хойуу түүлэниитэ саҕаланна

густой

густой (Русский → Якутский)

прил.
хойуу

сгущается

сгущается (Русский → Якутский)

гл
хойдор

бөлгөм

бөлгөм (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Хойуу, бөлөнүйэ хойдубут. Густой, превратившийся в сгусток
Абааһы кыыһа …… Түптэ кутурук, Түтүм тэллэх, Үөннээх өттүк, Үс сиринэн бөкчөгөр Бөлгөм өһөх уобуулаах Бөҕөлүкээн эмээхсин обургу. П. Ойуунускай

барк гын

барк гын (Якутский → Якутский)

биирдэм тыас туохт. Хойуу тыаста төлө биэрэн таһаар. Производить густой резкий звук. Оҕонньор сыыҥтаан барк гыннарда