Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хойохтос

туохт. Бэйэ-бэйэни урукку-хойукку айыынан-харанан сирэй-харах ас, хардарыта буруйдас. Взаимно обвинять друг друга в прошлых грехах, обидах
Мин, эн курдук, ону-маны хойохтоһор санаам суох. П. Аввакумов
Хойуккуну-уруккуну Хойохтоһор буоллахха — Хайа-хайабыт даҕаны Харах-сирэй холлуоҕа!.. И. Павлов
Бачча үлүгэр туруору кэпсэтии кэнниттэн киһитэ өссө да хойохтоһо олороруттан дириэктэр кыыһыра санаата. ЕАИ СА


Еще переводы:

хойохтоһуу

хойохтоһуу (Якутский → Якутский)

хойохтос диэнтэн хай
аата. Туох да суолтата суох ол-бу быстах иирсээни, хайдыһыыны, хойохтоһууну, ордугурҕаһыыны, бэрт былдьаһыыны, оройуоннарынан арахсыһыыны букатыннаахтык киэр кыйдаатахпытына эрэ сатанар. Софр. Данилов

хойохтоһооччу

хойохтоһооччу (Якутский → Якутский)

хойохтос диэнтэн х-ччы аата
Оройуон үөрэҕин сэбиэдиссэйэ оскуола үлэтин бэрэбиэркэлээбитэ уонна учуутал Бессонов саҕалааһынын биһирээбитэ. Ол эрээри хойохтоһооччулары тыыппатаҕа. И. Данилов