Якутские буквы:

Якутский → Якутский

холболоо

туохт., эргэр. Холбото оҥор, холбоҕо уган уур. Сооружать, изготавливать холбо, укладывать в холбо
Мантан үс биэрэстэлээх сиргэ, үрүйэ сыырын үрдүгэр тайаҕы өлөрөн холболообуттар. Сэмээр Баһылай
Тото-хана аһаан, эттэрин кыыл тыыппат гына холболоон баран, икки аҥыы араҕыстылар. Н. Босиков
Былыргы саха киһи өллөҕүнэ, хаһыы дүлүҥҥэ уган холболоон үөһэ алта, аҕыс атах үрдүгэр араҥастыыра. БСИ ЛНКИСО-1938
Бастыҥ ат, атыыр сэриигэ, оһолго өллөҕүнэ ытыгылаан араҥастыыллара, холболууллара. БСИ ЛНКИСО-1994


Еще переводы:

сайбалаа

сайбалаа (Якутский → Якутский)

туохт., түөлбэ. Тугу эмэ холболоо эбэтэр өлбүт киһини холболоон харай. Хранить что-л.; погребать умершего в деревянном срубе
Былыргы саха өлбүт киһитин буорга көмөрө, араҥас диэн түөрт-алта-аҕыс атахха сайбалаан, холболоон кэбиһэрэ, буор (сир) үрдүгэр холболоон баран, икки хос ампаар тутан, буор симэн көмөллөрө. БСИ ЛНКИСО-1938