Якутские буквы:

Якутский → Якутский

холборуй

туохт. Быаҥ-туһаҕыҥ холкутаан, босхо баран, хамсаа, халбарыйан, сулбуруйан түс (хол., ыҥыыры этэргэ). Сходить с места, съезжать, сползать (напр., о седле)
Сыыры түһэн истэҕинэ, ыҥыыра холборуйан, иҥнэри барда, ат онтон эбии тэбиэһирдэ. Д. Таас
Тохтоппутугар, ат хомуута арыый аҕай уһулла сыста, сэдиэлкэтэ холборуйан, моонньугар тиэриллэ түстэ. И. Никифоров
Тохтоо! Холумнарыҥ босхо барбыттар. Сыыр түһүүтүгэр ыҥыырыҥ холборуйуоҕа. «Чолбон»

Якутский → Русский

холборуй=

сползать, сваливаться (напр. о седле); холуна холбуруйда подпруга сползла.


Еще переводы:

холборут=

холборут= (Якутский → Русский)

побуд. от холборуй=.

холборут

холборут (Якутский → Якутский)

холборуй диэнтэн дьаһ
туһ. Атынан сүүрдэн иһэн охтубутум. …… Атым барбатах, ыҥыырын холборутан. Н. Босиков

өйөбүллээ

өйөбүллээ (Якутский → Якутский)

туохт. Тирээбиллээ, тирээбиллээн биэр. Подпирать что-л., ставить подпорку для чего-л.. Остуолбаны икки өттүттэн өйөбүллээ
[Кыстык дьиэлэрин] Хоту өттүнэн Холборуйуо диэннэр Үгүс үөмэх тиитинэн Үрэллибэт гына өйөбүллээбиттэр. П. Ядрихинскай

өрөҕөлөн

өрөҕөлөн (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Холборуйан, сулбуруйан ат өрөҕөтүгэр түс (ыҥыыр туһунан). Съехать, сползти под брюхо коня (о седле)
Уонтан тахса саа биирдэ эстэрин кытта аттар ыҥыырдарын өрөҕөлөммүтүнэн иннилэрин диэки мээнэ сүүрбүттэр. Эрилик Эристиин
2. көсп. Ааспакка-арахпакка, уһуннук эт-тыын, саҥар. Непрерывно, долго ругать, бранить кого-л., выговаривать кому-л.
Өлүөхсүтүм оҕото, Өр үлүгэрдик Өрөҕөлөнөн мөхтөхпүнэ: «Үтүөбүн өллөхпүнэ өйдүөҥ, Өлөр күммэр үөрээр», — диирэ. Өксөкүлээх Өлөксөй