Якутские буквы:

Якутский → Якутский

холборус

туохт. Тэҥнээхпин буллум диэн эҥээрдэһэн бииргэ сырыт, куодарыс. Иметь знакомство, поддерживать связь, водиться с кем-л.
Бу түгэх дойду түөкүнүн кытта, Анараа дойду албынын кытта, Дириҥ дойду дьилбинин кытта, Хаһааҥҥыттан бииргэ холборуспут Киһигин кытта кэлэн Арахсыбакка сырыттаҥый да. Оҕоккобут, биэбэккэбит! Ньургун Боотур
Эн биһикки хол дойдуттан Холоонноохтор көрсөммүт холборустахпыт, Тэгил дойдуттан Тэҥнээхтэр көрсөммүт тэмтэстэхпит! А-ИМН ОЫЭБЫ
[Оҕус:] Хонуу сирдэрбэр Хотонноохой эриэн хотуттарбын кытта Холборуһа хаамсыбатаҕым …… Сатаҕай да эбит. Саха нар. ыр. II