Якутские буквы:

Якутский → Якутский

холбуйулун

холбуй диэнтэн атын
туһ. Төбүрэх холбуйуллан иһиллиэхтээх. ТИИ ЭОСА


Еще переводы:

холбулун

холбулун (Якутский → Якутский)

көр холбуйулун
Салгын умуһахха хоммут, холбуллубут сөрүүн сүөгэй курдук. А. Фёдоров
Холбуллубут үүт — 1) сойбут, сөрүүкээбит ыаммыт үүт үрүтүн холбуйан ылбыт кэннэ хаалар үүт. Молоко, обезжиренное ручным способом, с которого уже сняты сливки
Холбуллубут үүтү оргутан баран, сойбутун кэннэ, сылаас соҕус эрдэҕинэ, туос ыаҕаска эбэтэр улахан чабычахха кутан ытыйаллар, суораттаан, таҥаһынан сабан, суулаан аһыталлар. «Кыым»; 2) сэппэрээтэрдээбит кэннэ ыаммыт үүттэн хаалар сүөгэйэ араарыллыбыт үүт. Обезжиренное сепаратором молоко, обрат
Ыаллар пиэрмэ холбуллубут үүтүн лиитирэнэн аахсан үллэстэллэрэ. «ХС»
Сэппэрээтэрдээһин кэнниттэн бөлөнөх, эбэтэр холбуллубут үүт, хаалар, ону бороохтуйбут тамыйахтарга, сибиинньэҕэ эмиэ иһэрдэллэр. СИиТ