Якутские буквы:

Якутский → Русский

хонтуруоллан=

возвр.-страд. от хонтуруоллаа = контролироваться, быть контролируемым.

Якутский → Якутский

хонтуруоллан

хонтуруоллаа диэнтэн бэй
туһ. [Кыыс оҕо] арыгы истэҕинэ санаата алдьанар, бэйэтин кыайан хонтуруолламмат. ТЕН ИДь
Учуутал үөрэнээччи (ордук мөлтөх суруксут оҕо) бэйэтэ хонтуруолланар үгэһин олохтуохтаах. ПНЕ СТ


Еще переводы:

подконтрольный

подконтрольный (Русский → Якутский)

прил. хонтуруолланар, хонтуруолланааччы, хонтуруолга турар.

самоконтроль

самоконтроль (Русский → Якутский)

м. бэйэни хонтуруолланыы, бэйэни кэтэнии.

быгыалатыы

быгыалатыы (Якутский → Якутский)

быгыалат диэнтэн хай
аата. Ааҕыы техникатын баһылыы илик оҕо ааҕарын хонтуруолланарга бары сыратын уурар, бэл тиритэр-хорутар. Дьэ онно буолар ынчыктаһыы-кириэтэһии, эппэт кэлэҕэй курдук быгыалатыы эҥин. ЧКС ОДьКИи

быраактааһын

быраактааһын (Якутский → Якутский)

аат. Тугу эмэ (хол., сүөһүнү) нуорманы хапсыбатынан, нуормаҕа сөп түбэспэтинэн (дьиэктээҕинэн) ааҕан сыыйыы, салгыы туһаныыттан туоратыы. Бракование
Оҕо курдук оонньоомо: хас биирдии ынаҕы быраактааһын мин илии баттааһыммынан эрэ көҥүллэнэрин умуннуҥ дуо? С. Федотов
Ийэ сүөһүнү быраактааһын сопхуостар сыллааҕы промфинпланнарыгар көрүллэр эрээри, олохтонуута кыайан хонтуруолламмат. «Кыым»
Ийэ табаны быраактааһын саамай табыгастаах бириэмэтинэн таба төрүүр кэмин ааҕаллар. ПСБ ТИиПҮ

түһэрин

түһэрин (Якутский → Якутский)

түһэр диэнтэн бэй
туһ. Бэргэһэтин көхсүгэр түһэринэн сылдьарын дьэ өйдөөтө. Амма Аччыгыйа
Сэбирийбит эргэ бараан бэргэһэни сирэйдэрин ортотугар дылы умса түһэриммиттэр. Эрилик Эристиин
Тугу эмэ кэпсээтэҕинэ наар бэйэтин түһэринэ соҕус, киһи күлүөх өттүн ордук чорбото бэлиэтээн саҥарар үгэстээҕэ. «Чолбон»
Ыйааһыҥҥын түһэрин спорт. — кыра ыйааһыҥҥа киирсээри, эрчиллии көмөтүнэн ыр (күрэхтэһээччини этэргэ). Сбрасывать вес (о спортсмене)
Бөҕөс ыйааһынын түһэриммэт, онон кэлин тириттэҕинэ балаһыанньа уустугуруоҕа. Н. Лугинов
Тустааччы ыйааһынын түһэриммит буолан, сылайбыт чинчилээх. Е. Неймохов
Үчүгэйдик эрчилиннэхпинэ, сүүрдэхпинэ-көттөхпүнэ илистиитэ суох ыйааһыммын түһэринэбин. «Сахаада»
Аһылыккын хонтуруолланан ыр. Сбрасывать вес с помощью диеты. Быраас ыйааһыҥҥын түһэринэриҥ буоллар диэтэ

индикатор

индикатор (Русский → Якутский)

индикатор (хонтуруолланар үлэ технологиятын ханнык эрэ кэриҥэ уларыйыытын киһи түргэнник өйдүүр гына көрдөрөр оноһуу. Хараҕынан көрөн, кулҕааҕынан истэн эбэтэр сыт тахсыытынан билэн өйдөнүллэр И-дар бааллар. Араастара элбэх: лаампалаах, сыьшпаралаах, ыйардаах (стрелочный) уо. д. а.)