I
холбоо диэнтэн дьаһ
туһ. [Хобороос:] Артыалга киллэрэн сиргитин уонна сүөһүгүтүн холботон бараннар, бэйэҕитин ыта да суох үүрэн кэбиһиэхтэрэ. А. Бэрияк
Кини оройуон киинэ Чымынаайыга кэлэн, аҕатыгар биллэрээри нэһилиэгин холботон, төлөпүөнү эрийэн дьирилэппитэ. М. Доҕордуурап
II
1.
холбой диэнтэн дьаһ. туһ. Модьу эмээхсин …… омуртарын холботон чэйин оборон бурулатар. С. Руфов
2. Тугу эмэ (хол., кустары) хоһулатан ытаары саа сыалыгар киллэр. ☉ Взять на прицел несколько птиц (напр., уток), чтобы убить их одним выстрелом
Холбото-холбото ыттахпына, икки ыал хонук аһылыгын булуохха сөп. С. Никифоров
Холбото сатыыр түгэн суох буолла, биир чугаһын кыҥаан баран ытан түптэлэт! П. Егоров