I
аат. Түүтэҕи сынньарга аналлаах төбөтүгэр соҕооччуктаах ураҕас. ☉ Цеп (приспособление для молотьбы зерна в снопах). Хатыҥ маһынан болооччу оҥоһунна
□ Баалкы маһынан эбэтэр болооччунан сынньан астыыллара. АЕВ ОҮИ
Сорох бурдугу болооччунан астыыллара. ПДН ККС
II
даҕ. Харса суох, баламат. ☉ Дерзкий, нахальный
Санаата болооччутун бэркиһиибин. ПЭК СЯЯ
Хантан оннук болооччу санаа киирэн кээлтэ буолла. Далан
Баар буолааччылар бу халлаан курдук хабараан, болооччу саҥнаахтар. Эллэй