туохт. Мөлтөө-ахсаа, алларый. ☉ Становиться хилым, чахнуть; приходить в упадок. [Кыһыл Ойуун:] Сир ийэ иэнигэр Сидьиҥ быһыы сириэдийдэ, Орто дойду уолуйда, Олохдьаһах дьадайда, Чаллахсыйар кэмэ кэллэ. П. Ойуунускай
Буор сир үүннэрэр муҥкук мастара Тааска кэлэннэр чаллахсыйар — Уларыйбат улуу аналлара, Ол иһин хатыҥнар кыралар [Кавказка]. И. Эртюков
Ити бириэмэҕэ бэмиэссик кылааһа таҥнары баран, чаллахсыйан эрэрэ. А. Чехов (тылб.)