- даҕ.
- Аһара чычаас, чалыар (уу). ☉ Небольшой по глубине, мелкий (о воде)
Таптыыгын дуу чалбах Чалым-чулум уутун. С. Данилов
Оттор быыстарынан чалбах курдук тэйиччи чалым-чулум уулар сыталлар. В. Гольдеров
Иннибитигэр дулҕа быыһыгар чалым-чулум уулары көрөн, испэр мыына санаабытым. И. Сосин - Уута элбэх, олус убаҕас (хол., хааһыны этэргэ). ☉ Жидкий, водянистый (напр., о каше)
Аһаталларыгар биэрэр быһыы хара килиэби кытта чалым-чулум хааһы дуома. Е. Неймохов - сыһ. суолт. Чалымныыр тыастаахтык. ☉ Издавая слабый плеск
[Чупчуруйдаан ол онно] Чомполонон сордонно, Чалым-чулум ойуолаата. Эллэй
Кыыс Ньукулай кэнниттэн саппай уобуста, талахтары быыстарынан маардары чалым-чулум кэһэн бардылар. Е. Неймохов
Чалбах таҕыста, Чалым-чулум уһунна. ДВ О
Якутский → Якутский
чалым-чулум
Еще переводы: