аат. Суругунан оҥоһуллар үлэ бастакы барыла, торума. ☉ Черновая рукопись, набросок, черновик
Бу үлэтин харата эрэ. Дьиҥнээҕэ кэлин буолуо. П. Аввакумов
Ол суругун толкуйдаан, харатыгар суруйан баран үрүҥэр таһааран хас да унньуктаах уһун киэһэлэрин ыытта. П. Филиппов
Роман иккис аҥаарын ааптар харатын бэйэтигэр хаалларбатах, онон рукопись «Хотугу сулус» альманахха киирбит сураҕа эрэ баар. «ХС»