Якутские буквы:

Якутский → Якутский

чиэрбэлээ

туохт. Чиэрбэтэ көрдөө, көрдөөн бул. Искать, находить червей
«Саҥас, алчахтаан, хомурдуостаан, үөннээн, чиэрбэлээн, уу кыыстаан кулу!» — диэбит. Саха фольк. Арыт чиэрбэлии барабыт диэн баран, дьаамнарын соҕуруу уһугар тиийэн дьэдьэннээн сииллэрэ. Ойуку
Биэрэккэ тохтоотор эрэ чиэрбэлээбитинэн, күөгүтүн ууга бырахпытынан барар. «ХС»

Якутский → Русский

чиэрбэлээ=

искать червей.


Еще переводы:

чиэрбэлэт=

чиэрбэлэт= (Якутский → Русский)

побуд. от чиэрбэлээ=.

чиэрбэлэс=

чиэрбэлэс= (Якутский → Русский)

совм.-взаимн. от чиэрбэлээ=.

чиэрбэлээһин

чиэрбэлээһин (Якутский → Якутский)

чиэрбэлээ диэнтэн хай
аата. Күөгүлээһин, чиэрбэлээһин, үүммүт дьылыгар отоннооһун барыларын угуйара. Айысхаана

чиэрбэлии

чиэрбэлии (Якутский → Якутский)

сыһ. Чиэрбэ курдук, чиэрбэҕэ майгынныырдыы. Как червь, подобно червю
Үрэх бадарааннаах суола хара чиэрбэлии бүгүллэҥниир. Амма Аччыгыйа
Сахатын кэмсинэр саха богдото Саҥарар саҥата чиэрбэлии сыылар. Софр. Данилов
Эмискэ Инеда чиэрбэлии эриллэ түһэн мостиктаан куотар. «ХС»

чиэрбэлэт

чиэрбэлэт (Якутский → Якутский)

чиэрбэлээ диэнтэн дьаһ
туһ. Туотук, оттон мэҥиэҕэ наада дии-дии, миигин тоҕо чиэрбэлэтэр этиҥ? Н. Габышев

алчахтаа

алчахтаа (Якутский → Якутский)

түөлбэ., көр баҕалаа
«Саҥас, алчахтаан, хомурдуостаан, үөннээн, чиэрбэлээн, уу кыыстаан кулу!»— диэбит [Куһаҕан Ходьугур]. Саха фольк. Баҕа курдук ыстаҥалыы-ыстаҥалыы алчахтаан сии сылдьарын санаатаҕына, киниэхэ чугаһыан этэ тардар. И. Гоголев

бадарааннаах

бадарааннаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Бадараан буолбут, бадараанныйбыт. Болотистый, заболоченный
Бу хайа таҥнары өттө эмискэ быһа ыстанан бадарааннаах, оборчолоох, иинэҕэс мастардаах алар буола түһэр. И. Данилов
Күһүҥҥү түүн хабыс-хараҥаҕа Ламма бадарааннаах уулуссатын устун биир киһи хааман бэрилдьийэр. М. Доҕордуурап
Биир күһүн, сүһүөх дьарҕалаахтары угуттуур абыраллаах бадарааннаах Абалаах алааска эмтэнэ, Мэҥэ Хаҥаласка таҕыстым. Амма Аччыгыйа
Бадараан былааһыктаах; кирдээх. Покрытый грязью, грязный
Үрэх бадарааннаах суола хара чиэрбэлии бүгүллэҥниир. Амма Аччыгыйа
Сааскы күн сыралҕаныттан бөһүктүйбүт суол чигдитэ тоҕо үктэнэн, суол икки өттүгэр бадарааннаах иһэхтэр ыһылыннылар. Эрилик Эристиин
Кини [Бадаайап] тимир хоппотун санныттан түһэрдэ. Ыар хоппо дулҕаны тимирчи олордо, дулҕа төрдүттэн бадарааннаах хара уу ыгыллан таҕыста. Л. Попов

передача червячная

передача червячная (Русский → Якутский)

чиэрбэлээх, эрийии эрэ-дэһиннээх бэримтэ, тиэрдии, тиэрдээччик (чиэрбэ (биинтэлии эрийии тиистээх баал) уонна чиэрбэлии халдьы кэрдиистээх тиистээх көлөһө көмөлөрүнэн хам-сааһыны атын баалга тиэрдэр механизм.)