Якутские буквы:

Якутский → Якутский

чиэһимсий

туохт., кэпс., сүөл. Чиэһинэйдик, көнөтүнэн сылдьар курдук тутун, дьон хараҕар оннук көстө сатаа. Стараться выглядеть в глазах людей честным, порядочным
Мин да арыт чиэһимсийэн, чинэҥнээн ахан биэрэрим — чэлгийбитим, чэчирээбитим холоон. Болот Боотур
Эн даҕаны бу харчыны чиэһимсийэн, ачыаһыран, мүччү туттаххына, үчүгэйи көрүөҥ суоҕа. М. Доҕордуурап
Ааныс биэрэллэрин чиэһимсийбэккэ ылан иһиэхтээх. У. Нуолур


Еще переводы:

көнөмсүй

көнөмсүй (Якутский → Якутский)

туохт. Бэрээдэктээх буола сатаа, сиэри-сокуону тутуһа сатаа. Выказывать честность, правдивость, проявлять прямоту, прямодушие
Ону эн, көнөмсүйэҥҥин, чиэһимсийэҥҥин, үҥэ-хобулуу сырыт. М. Доҕордуурап
Дьоннор «уол оҕо эдэр сааһын баттаһа элбэхтик таптаан, талаҕалаан ааһыахтаах» диэччилэр. Олортон мин туохпунан ордук дуу, итэҕэс дуу буоламмын куруук көнөмсүйэ сылдьабыный!.. «ХС»
Эн көнөмсүйэн сокуонтан туорааһыны утараргын мин өйдүүбүн. Э. Войнич (тылб.)