дьүһ. туохт.
1. Төбөҕүн чонотон, кэдэччи тутун. ☉ Держа голову прямо, выпячивать живот
Багыыр [дьахтар аата] биирдэ лаппа сааһыран баран хат буолан ханалыйар. П. Аввакумов
Итини истээт, эмискэ Жудайхаан Иҥиир ситиитин тартара түстэ. Тиэрэ ханалыйан, ыҥыыртан сууллан Сиргэ тас иэнинэн таралыйа түстэ. «Чолбон»
2. көсп. Атыҥҥа халый, аралдьый, туораа (хол., кэпсэтии тиэмэтиттэн). ☉ Отходить, уклоняться от темы разговора
Бэйэтэ ханалыйан барда кэпсэтииттэн. ПЭК СЯЯ
Боппуруос араастаан ханалыйан, тиэрэ көрөн тахсыан эмиэ сөп. И. Федосеев
Дьиэ иһинээҕилэр кэм да бэдэр туһунан кэпсэтэ олороллор. Ханан эрэ ырааҕынан ханалыйан баран, хат бэдэрдэригэр төннүбүттэр. «Чолбон»