Якутские буквы:

Якутский → Якутский

чороҥноо

чорой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Боссоойдор хара маҥаас борооскулара ойбоҥҥо түһэн хаалбыт, төбөтө эрэ чороҥнуур. И. Сосин
Тааҥка бууската, амбразураны туһаайан, киһи сөмүйэтин курдук, үөһэ-аллара чороҥноото. К. Симонов (тылб.)

Якутский → Русский

чороҥноо=

равн.-кратн. торчать, высовываться (то появляясь, то исчезая); ууга талахтар төбөлөрө чороҥнууллар из воды торчат (то появляясь, то исчезая) кончики кустиков.


Еще переводы:

чороҥнотолоо

чороҥнотолоо (Якутский → Якутский)

чороҥноо диэнтэн төхт
көрүҥ. Оҕонньор хоноһотун кэнниттэн көрөн иһэн, чороҥнотолоон син даҕаны уолчаан быһыылаах дии саныыр. Л. Попов

чороҥнос

чороҥнос (Якутский → Якутский)

чороҥноо диэнтэн холб. туһ. Итии баҕайы күн буолан, эһэлэр субу-субу харбаан ньолбоһоллор, үүт-үкчү киһи курдук төбөлөрүн оройунан умсан, икки кэлин атахтара чороҥноһоллор. С. Тарасов

чохоҥноо

чохоҥноо (Якутский → Якутский)

чохой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Тумса чороҥноон, кэтэҕэ чохоҥноон, Тоҥсоҕой чоргуйда маннык хоһоонноон. Болот Боотур
Тураах атаһа чонох гына-гына чохоҥноото, Кыбыстан, кыймаҥнаан хамсаата, дааҕырҕаата. Күн Дьирибинэ
[Чөкчөҥө] сэрэммит, иһиллээбит курдук чохоҥнуу олорбохтоон баран, уоскуйан, тугу эрэ көрдөөн хаампахтаан иһэн, сүүрэн дьөгдьөрүйдэ. СҮК

чохчоҥноо

чохчоҥноо (Якутский → Якутский)

чохчой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Хаһан да сэрээккэлээбэтэх бэйэм, бэл гимнастары үтүктэн чохчоҥноон, тэбиэлэнэн ыллым. Е. Неймохов
Чөрөҥөлүү сүүрэ сылдьан, Чөкчөҥө чохчоҥноото, Төрүкү аччык буолан, Төбөтө чороҥноото. В. Чиряев
Сүүрэнкөтөн, эттэрин-сииннэрин ититэн, хамаанданан уҥа-хаҥас мускуллан, чохчоҥноон сэрээккэ оҥордулар. «ХС»