туохт.
1. Эгэлгэ, сиэдэрэй өҥнөө, ойуулаа, симээ. ☉ Украшать, разукрашивать разноцветно, ярко
Халымаҕа дьахталлар Нарын, уус тарбахтаахтар. Дьэрэкээннээн, чуорааннаан Ньэлэкэни тигэллэр. С. Данилов
Айаан үрэх сүүрүгүнүүн Аргыстаһан саас иһэр. …Томуйах туйаҕынан Кырдалы дьэрэкээнниир. И. Гоголев
Мин оҥордум дьикти араас Букет бэрдин дьэрэкээннээн. Н. Босиков
△ Уустукураннык, сиэдэрэйдик хоһуй, ойуулаа. ☉ Воспевать кого-что-л. изощренно, искусно, вычурно
[Олоҥхону] Кылачыысап курдук Кытардахха, Дьэрэкээннээн эттэххэ, Дьэргэлдьитэн истэххэ. П. Ойуунускай
Дьэһиэй эмээхсинэ эбэкэйим Дьэрэкээннээн тэнитэн туойарыныы …… Ойуулаах тойукпун симээтэхпинэ. С. Зверев
[Хомоҕой тылым] Ойуулаама, дьэрэкээннээмэ, Онно суоҕу ончу нэмнээмэ. С. Васильев