Якутские буквы:

Якутский → Якутский

чэҥэлиҥнээ

туохт. Олус сэргэхтик туттан-хаптан тула өттүгүн көриһит (хол., тииҥи этэргэ). Оглядываться по сторонам очень бодро, живо (напр., о белке)
[Тииҥ] мутукка көрөнистэн чэҥэлиҥнии олороро дьэ сэргэх кыыл! Далан
Дүлүҥү өҥөйбүтүм — кырынаас бу чэҥэлиҥнии олорор. ВА ИиТ


Еще переводы:

чэҥэлиҥнэс

чэҥэлиҥнэс (Якутский → Якутский)

I
чэҥэлиҥнээ диэнтэн холб. туһ. Тииҥчээннэр көрөнистэн чэҥэлиҥнэстилэр
II
даҕ. Олус сэргэх, чобуо. Очень бойкий, живой
Кэмниэ кэнэҕэс чэҥэлиҥнэс харахтаах, чөрөйбүт кулгаахтардаах хара төбө быгаат, мэлис гынна. «ХС»

чэҥэриҥнээ

чэҥэриҥнээ (Якутский → Якутский)

чэҥэлиҥнээ диэн курдук
Чөҥөчөк үрдүгэр эриэн моҕотой икки илин атаҕын дьиибэргээбиттии өрө көтөҕөн, одуулаан чэҥэриҥнии олорон, ойон түһэр да, дүлүҥ көҥдөйүгэр сылыпыс гынар. А. Фёдоров
Биһиги куоскабыт Куттаммытыан! Чэҥэриҥнээн, Сирэй-харах, Дьэ, иэдээн! ХОКИО