Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ыбыгыраа

туохт. Түргэн түргэнник бүтүн бэйэҕинэн илигирээн хамсаа (хол., тоҥон). Дрожать, трепетать, трястись (напр., от страха или холода)
Куттанан уонна тоҥон икки сыҥааҕа ыпсыбат гына ыбыгырыы туран кыыс тугу да кыайан хардарбатаҕа. Далан
Миитээ сыгынньах этигэр чараас суорҕаны бүрүнэн уотун аттыгар ыбыгырыы олордо. Н. Лугинов
«Киһи утуйуо суох!», — диэтэ Миша, титирээн ыбыгырыы-ыбыгырыы. «ХС»


Еще переводы:

ыбыгырас

ыбыгырас (Якутский → Якутский)

ыбыгыраа диэнтэн холб. туһ. Кыргыттар тоҥон ыбыгыраһаллар, чуо кэлээт, аҕаларын суорҕанын арыйа тардаат, сонно иһигэр мэлис гынан хааллылар. А. Сыромятникова
Өссө балтараа чаас тоҥмуттарын кэннэ Арай уоллаах кыыстара бу үөрэнкөтөн тиийэн кэллилэр. Бөҕүөрэ тоҥон, нэһиилэ ыбыгыраһаллар. «ХС»
Кыргыттар сэниэлэрэ эстэн, тоҥон тиистэрэ-уостара ыбыгыраһаллар. Я. Козак (тылб.)