I
дьүһ. туохт. Аһара уой; сирэйдиин, моонньулуун сыанан бүрүлүн, сыа буол. ☉ Сильно располнеть; заплыть жиром (о лице и шее)
Ыҕайа сытыйан, саатар, олбуорун иһин охсубат, наар күлүккэ сытан тахсар. «ХС»
II
даҕ. Саамай улахан суолталаах. ☉ Имеющий большое значение, важный
Аан ийэ дайды сырдык ыҕай киинигэр. ПЭК СЯЯ
Түөрт мэндиэмэннээх Кинигэ дьиэтэ диэн биһиэхэ баар буолла. Дьокуускай ыҕай киинигэр, Ленин болуоссатыттан адьас биэс хаамыылаах сиргэ дьиэ барахсан сандаарыйа дьэндэйэн турар. «Чолбон»