Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эгдэҥнэс

I
эгдэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Хаста да атын «таҥастаахтар» Дьэргэ сүрэҕин уотунан хаарыйталаан куотуһан таҕыстылар, ол ахсын көрөөччүлэр дьигиҥнэһэ, эгдэҥнэһэ турдулар. Болот Боотур
[Туруйалар] дьоролдьуйбут синньигэс атахтарынан чэпчэкитик дугуммахтаан эгдэҥнэһэллэр. П. Аввакумов
Мусукааннар бары даҕаны туттан-хаптан эгдэҥнэһэн, киһи эрэ көҕүйэн үҥкүүлээн барыах курдук оонньууллара. Г. Колесов
II
даҕ. Өрүтэ көтүөккэлиир, эһиэлэнэр курдук (хол., хамсаныы). Неровный, тряский, подпрыгивающий, пляшущий (напр., о походке человека или движении лошади)
Эгдэҥнэс сэлиилээх табалар Элбэх да көлөттөн ордуктар. Р. Баҕатаайыскай. Кини эмиэ бэйэтин эгдэҥнэс, тиэтэйбит хаамыытынан хаамара. Т. Николаева (тылб.)