Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эйим

I
аат. Өрүс, үрэх дириҥиир сирэ, чүөмпэтэ. Глубокая часть реки, речки, омут
Эйим түгэҕэ көстүбэт: харааран дьэбилийэ сытар буолааччы. И. Данилов
Тээнэҕэ үөскүүр араас балыктар сайын тарыҥ сибиэһэй тымныы уутугар мунньустан сөрүүкүүллэр, кыһынын баай астаах-үөллээх дириҥ эйимнэрин дьиэ-уот оҥостон кыстыыллар. Я. Семёнов
Алаас илин сыырын кэтэҕинэн, дэриэбинэни аттынан «Таастаах» диэн улахан эйимнэрдээх таас үрэх сүүрдэр диэбит Софрон Данилов. Багдарыын Сүлбэ
ср. эвенк. хэюм, эйим, ёйёму ‘талик (выход тёплых ключей на речку); незамерзающий зимой речной плёс’
II
даҕ., түөлбэ. Элбэх ахсааннаах, халыҥ (хол., аймах). Многочисленный (напр., о родне)
Хара Улар, Куртуйахтар — Халыҥ, эйим аймахтар. Хоҥ мэйиилэр буолбатахтар, Хоодуот, хоһуун барахсаттар. Күннүк Уурастыырап
Бу дьон, бэрт халыҥ уустаах-аймахтаах, эйим дьон эбиттэрэ үһү. Н. Якутскай
Үрдүбүнэн ааһан иһэр көҕөн эйим үөрүн күөрэтэн кэбистим. И. Данилов