I
туохт. Суугун-сааҕын буол, айдаар-куйдаар (элбэх киһини этэргэ). ☉ Шуметь, галдеть, гомонить (о толпе), поднимать гвалт
Биримиэнэ саҕана тиэргэҥҥэ тахсан, саҥа-иҥэ бөҕөнү түһэрэн, сүүрэн-көтөн эймэлэһэбит. П. Аввакумов
Үрдүбэр дьон саҥата эймэлэстэ. Т. Сметанин
II
даҕ. Киһи тугу да кыайан араарыа суох курдук айдааннаах, суп-суугунас, сап-сааҕынас (хол., дьон түмсүүтэ). ☉ Наполненный шумом-гамом
Киһи ханан да кыайан барыа суох курдук элбэх киһилээх болуоссат эймэлэс этэ. «ХС»
Үөрэх саҕаланан, оскуола иһэ эмиэ оҕо аймах саҥатынан эймэлэс буола түспүтэ. «ХС»
Куйах, сарыал курдук күндэлэс, Хонууга аттаах дьон эймэлэс, Буору-күдэни бурҕатар. А. Пушкин (тылб.)