Якутские буквы:

Якутский → Якутский

элээрит

туохт. Тугу эмэ күүскэ өрө күөрэтэн бырах, тамнаа. Легко подкидывать, подбрасывать что-л. высоко вверх
Сүүрүк болуоту олус түргэнник элээритэрэ. М. Доҕордуурап
Эһэтэ чабычахха нэчимиэн сиэмэтин кутара, сиэмэтин ыһаары бакыйан туран күн диэки хайыһара, кириэстэнэрэ, уоһун иһигэр таҥараттан үүнүүнү көрдөһөн ботугуруура уонна дьэ сиэмэни, ытыһан ылан, элээритэн барара. «ХС»


Еще переводы:

элээритис

элээритис (Якутский → Якутский)

элээрит диэнтэн холб. туһ. [Донской] Бэрэмиэнэҕэ мохсуолаан, мээчиктээн элээритиһэрэ, кинигэ ааҕара, туох эмэ дьиктини, сонуну сэһэргиирэ. ЧКС ЫаЫЫ

элээрт

элээрт (Якутский → Якутский)

  1. элээр диэн курдук. Арыылар улаҕаларыгар киирэргэ күүскэ эрдиммэхтээн биэрэбит уонна үксүн, кырдьык, сүүрүккэ оҕустаран, элээрдэн иһэбит. Амма Аччыгыйа
    Ити кэнниттэн такси тута охсон, аэропорт диэки элээрдибиттэрэ. Далан
    Бастаан Сиэҥкэлээххэ элээрдэн тиийэн, этэн ааһар. Н. Габышев
    2
    элээрит диэн курдук. Үөлэрэ (саҥа кэлбит дьахтары оннук ааттыыллара) илиитинэн үстэ далбаатанан баран, мээчиги халлаан диэки элээрдибитэ. Эвен фольк. Дьиэтигэр киирээт, суумкатын оронугар элээрдибитэ, бэл таҥаһын да уларытта барбатаҕа. И. Федосеев
    Костя тээпкэтин элээрдээт, олбуору үрдүнэн ойон кэбиспитэ. «Чолбон»