Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эммэний

  1. көр эймэний. Күндүл күөх көхсүгэр Көтөр кынаттаах Көччүйэн үөскээбит, Ийэ киэлитигэр Көмүс хатырыктаах Эгэлгэ балыга Эммэнийэ элбээбит. С. Зверев
    Эриэккэс Днепр үрдүнэн саха этигэн хомуһун алыптаах дорҕоонноро эммэнийэ тарҕыыллар. М. Ефимов
  2. Сылай, мөлтөө, күүскүн-сэниэҕин сүтэр, солбонуй. Выбиться из сил, сильно устать
    Ханнык даа киһи, Хатыҥ сэбирдэҕин курдук, Хагдарыйар хааннаах, Эргэрбит мас курдук, Эмэхсийэр эттээх, Эммэнийэр бэйэлээх эбит. А. Софронов
    Эн оҕоҥ сүрэҕэ атын уонна ити соругу эрэ, кииринэн хаалбычча толорон, таптыыр кыыһын аҕатын кулаах оҥортордо. Онно эдэр киһи сүрэҕэ ыалдьыбат, этэ-хаана эммэнийбэт бэйэлээх буолуо дуу? А. Сыромятникова

Еще переводы:

эммэнит

эммэнит (Якутский → Якутский)

эммэний диэнтэн дьаһ
туһ. Аҕыс чардын иһиттэн, Тоҕус ыйга дурдалаан, Угаарыскай күөх окко Угунньалыыр буурайга, Эримэх бэйэтин эммэнитэн Энэлгэн-сыналҕан эҥээрдээн, Түөнэ чопчу төбөбүнэн Түһэн төрөөбүтүм баар этэ. С. Зверев
Кинилэр, эн кулгааххар сипсийэн, эккин-хааҥҥын эммэнитэргэ кыһаналлар. А. Сыромятникова