туохт. Эт-хаан өттүнэн мөлтөө-ахсаа, кууран-хатан аччаа, кэхтэ быһыытый, буомур. ☉ Потерять былую стать, иссохнуть, состариться
Хайҕамсык Хаан-тойон Этэрин кытта кийиитэ Эдэр бэйэтэ эмньирээн, Нарын бэйэтэ арбайан, Ньыра тарбаҕа уһаан, Дьыбар тыҥырах буолан, Илэ дэриэтинньик дьүһүннэннэ. И. Чаҕылҕан
Күндьыл бөҕө ааһан, Көтөҕө бөҕө түһэн, Билигин бэл ол аар мас, Тоһоҕоһо эрэ ордон — Бу буолан турдаҕа, Эгэ мин, Эт киһи эмньирээбэтим кэлиэ дуо, Сыа киһи сындалыйбат буолуом дуо. «ХС»
Якутский → Якутский
эмньирээ
Еще переводы: