аат. Туохха эмэ сыста турар хамсаабытыттан эбэтэр сиргэ сыппыт эндэйбититтэн үөскээбит аһаҕас, хайаҕас. ☉ Горизонтальная щель (напр., между упавшими друг на друга деревьями)
Коля, халҕан эндэгэринэн элэс гынан ааспыт маҥан таба тыһа этэрбэһи көрөн кэбистэ. Эрилик Эристиин
[Тоҥот бириэмэтигэр хабдьыларга хаары дьөлө хаһан утуйалларыгар ыарахан]. Онон мас эндэгэрин аннынан киирэн, хаары дьөлө хаһыахха, атын ханнык эмэ ньыманы булуохха наада. И. Федосеев