Якутские буквы:

Якутский → Якутский

энньэлэн

туохт., эргэр. Энньэлээх буол; энньэтэ ыл. Получать, брать что-л. в приданое
Дьааҥы эбэ улаҕатыттан Чалыыманы саҥа сүгүннэрэн, Эдэр кулут энньэлэнэн, Элик бэрдэ нэктэллэнэн, Сүүс сыарҕа табанан Сүүрдэн элэҥнэтэн ааспыта. С. Васильев
[Неклюдов] аҕата оччо баайа суох киһи этэ буолан баран, ийэтэ уон тыһыынча кэриҥэ дэһээтинэ сири энньэлэнэн кэлбит хотун этэ. Л. Толстой (тылб.)

энньэлэн-сэтиилэн

энньэлэн диэн курдук
Илэ-дьикти бэйэкээннээх Эдэр кыыс дьэрэликтэринэн Энньэлэнэн-сэтиилэнэн кэлиэҥ этэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Төһө эмэ энньэлэнэн-сэтиилэнэн, төһө эмэ түҥүрдээхходоҕойдоох буолан, уруу бөҕөнү түһүөрүтэн, аҕаттан, ийэттэн алгыс бөҕөнү алҕанан, айдааран сүктээри туран, таҥас, иһит, энньэ мыынан кубулуналларын санаан, кинилэртэн кэлэйэн сиргэ силлиир. Эрилик Эристиин

Якутский → Русский

энньэлэн=

уст. получать какое-л. приданое; брать что-л. в приданое.


Еще переводы:

дьэрэлик

дьэрэлик (Якутский → Якутский)

  1. даҕ.
  2. Тиэрбэс курдук төгүрүйэ эриллэҥнээн сүүрүгүрэр, бидилийэр. Текущий, бурлящий с крутящимися, вращающимися кругами на поверхности (о потоке воды)
    Үрэх дьэрэлик килбиэн долгуннара ый күлүгүн курустаал иһит курдук үлтү сынньан бытарыта ыһаллар. А. Федоров. Эриллэр дьэрэлик долгуннар Эрэһэ иитинии сырсаллар. «ХС»
  3. көсп. Сытыы-хотуу, кыайыгас-хотугас (киһи). Энергичный, целеустремленный, добивающийся своего
    Прометейы быыһаабыт дииллэр Уолан дьэрэлик киһи. Баал Хабырыыс
    Уолан дьэрэлик уолаттар, Кытыан кырылас кыргыттар. Холкуос хорсун дьонноро Түмсэн төгүрүһэн тураммыт Туойан чоргуйан эрэбит. М. Доҕордуурап
  4. аат суолт. Кыыһы, дьахтары таптаан, кэрэтин бэлиэтээн этэр «ыраас, сырдыгынан сыдьаайар ньуурдаах» диэн суолтаҕа туттуллар тыл. Ласкательное слово со значением «лучезарная, сияющая», употребляемое при обращении к любимой, красивой девушке
    Кириэстээх атыыр манньыаты Кэккэлэтэ туппут курдук Килбиэн маҥан иэдэстээх эбит Килбийээнэ дьэрэлигим. Өксөкүлээх Өлөксөй
    [Муустаах муора Өлүөнэҕэ:] Илэ-дьикти бэйэкээннээх Эдэр кыыс дьэрэликтэринэн Энньэлэнэн-сэтиилэнэн кэлиэҥ этэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
    Тэйэр сарыал дьэрэлигэ Чэмэлкэйим! Чэмэлигим! Чэмэлиинэм миэнэ! П. Тобуруокап