Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эргиллибэттии

сыһ. Төттөрү кэлбэт, эргиллибэт курдук, төннүбэттии. Безвозвратно, навеки
[Мэхээлэ] Соловки хаайыытыгар бастакы испииһэккэ киирэн, эргиллибэттии утаарыллыбыт. Куорсуннаах


Еще переводы:

бырай

бырай (Якутский → Якутский)

туохт. Ханнык эмэ сиртэн арахсан эргиллибэттии букатын бар. Уезжать, покидать какое-л. место безвозвратно
Баай ытык Омоҕой диэн бырааскайтан бырайбыт, икки уоллаах, икки кыыстаах, ойохтоох, дьонноох, сылгылаах-сүөһүлээх баай оҕонньордоох эмээхсин бааллара буолуо. Саха сэһ. I
Бэрт былыр саха саҕана дойдуттан бу дойдуга бырайан Бордуолаах Удаҕан диэн кэлбит. Саха сэһ. II
Бастаан балыксыт дьон, булчут дьон бырайан кэлэн, туой хатырык сабыылаах, наҥнаһын буор сыбахтаах, үрдүнэн аһаҕас ураһанан олорбуттара үһү диэн буолара. Саха сэһ. II