Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эрдэн

туохт.
1. Кэргэн таҕыс, эргэ бар. Выходить замуж
Ол Лүүсэ кыыс эрдэнээри сылдьар. И. Семёнов
Балбаара эрдэммитин истэннэр, эр-дьон кэлбэт-барбат буолбуттар. С. Маисов
Эрдээх буол. Быть замужней
Оннук эрдэниэн кэриэтин суоҕа көнө, хас эмэ ыйы быһа дьиэтигэр көстүбэт. А. Кривошапкин (тылб.)
2. кэпс. Киһилэн, көссүүлэс. Состоять в любовных отношениях с мужчиной, быть любовницей
Күөх сирэй, Дьаакыбы эрдэнэ-эрдэнэ ол-бу буолан сөрүөҥнүүр эбиккин дии! А. Софронов
Балааҕыйа сэрэбиэйдиир: «Түүҥҥү эрдэммиккин, онон оронуҥ үрдүгэр саата ыйаа». Г. Угаров

эрт

туохт.
1. Тыыга, оҥочоҕо олорон эрэн эрдиинэн ууну эрчимнээхтик хаһыйан айаннаа, уһун. Грести (на лодке, ветке, плоту). Сүүрүгү утары эрт
«Туох баар күүспүнэн эрдэбин ээ, мантан ордук хайдах эрдиэмий?» — диэн Бурхалей мээнэ, ньүдьү-балай кыһарыйыыга ынчыктыы-ынчыктыы хардарда. Эрилик Эристиин
Эрдии эрдэн сылайа оҕустубут. Н. Габышев
Хаһан эмэ балыксыт Эн кураанах хонноххор Эмэх буолбут мас тыытын Эрдэн кэлэн хоноро. П. Тулааһынап
Көлүөһэ ууну хаһыйар күүһүнэн айаннаа (урукку көлүөһэлээх борохуоту этэргэ). Передвигаться с помощью колёс (о старых пароходах)
Хамсатын буруотун халлааҥҥа күдээрпит, Борохуот эр бэрдэ, Эрчимник эрдэр. Эллэй
2. көсп. Солуута суоҕу, туох түбэһиэҕи мээнэ саҥар. Болтать наобум, что взбредёт на ум
Талбыппынан аттаран, Таалбын-быарбын тарбанан, Түлэс-балас эрдэммин, Түҥ-таҥ түһэн биэрдим мин. Күннүк Уурастыырап
«Туох буоллуҥ? Тоҕо ити курдук саҥараҕыный?» — Уйбаанча оҕонньор, кырдьык, түөс-маас эрдэн барбытыттан ыйыппыта. Н. Якутскай
Суол уһунун билимээри, күн эгэлгэтин барытын эрдэн кэпсэтэбит. П. Аввакумов
Тиэр-маар (тиэс-маас) эрт — тиэрэни эрт диэн курдук (көр тиэрэ)
(Киэҥ) халлааны туойар (тыллаһар, эрдэр) көр халлаан. Кэһиэҕирэ бүтэн хаалбыт кэп-кээҕинэс куолаһынан Киристиэстэн саҕалаан киэҥ халлааны эрдибитэ. Күннүк Уурастыырап
Түөрт уоннаах диэн миигин ким этэр? Төрүт да халлааны эрдэллэр! Оччо сыл тухары, ааҕыстар, Олоро иликпин, атастар. С. Руфов
ср. др.-тюрк. еш ‘грести, разгребать’

Якутский → Русский

эрдэн=

груб. 1) выходить замуж; 2) жить с мужчиной (о женщине).

эрт=

грести (веслом); сүүрүк хоту эрт = грести по течению.

Якутский → Английский

эрт=

v. to row


Еще переводы:

бүллүргэт

бүллүргэт (Якутский → Якутский)

бүллүргээ диэнтэн дьаһ. туһ. Эрдэн бүллүргэтэр

бэгэлдьит

бэгэлдьит (Якутский → Якутский)

бэгэлдьий диэнтэн дьаһ
туһ. Ол кэннэ кичэйэн эрдэн бэгэлдьиттэ. ПЭК ОНЛЯ I

тимиҥнэт

тимиҥнэт (Якутский → Якутский)

тимиҥнээ диэнтэн дьаһ
туһ. Тыы иһигэр ыстанан киирдэ да, эрдэн тимиҥнэппитинэн, тыытын хайбаҥнаппытынан барда. Р. Кулаковскай

пригрести

пригрести (Русский → Якутский)

сов. разг. 1. что (напр. лопатой) харбаан аҕал, күрдьэн аҕал, мус; пригрести сено к стогу оту кэбиһиилээх окко харбаан аҕал; 2. (вёслами) эрдэн аҕал, эрдэн тиксэр.

бүллүргэт=

бүллүргэт= (Якутский → Русский)

побуд. от бүллүгүрээ = производить редкие глухие звуки; эрдэн бүллүргэтэр он энергично гребёт (мерно взмахивая вёслами и с силой опуская их).

отчуоттааһын

отчуоттааһын (Якутский → Якутский)

отчуоттаа диэнтэн хай
аата. Ол курдук түҥ-таҥ эрдэн бараан-тараан отчуоттааһын кэнниттэн дьоҥҥо, кырдьык даҕаны, туох да үлэ барбатын …… курдук өй-санаа хаалбыта. В. Яковлев

тылбаарт

тылбаарт (Якутский → Якутский)

тылбаар диэнтэн дьаһ
туһ. Тыыланан тылбаарда устабын. В. Дедюкин
Сыыры өҥөйөн көрбүтэ, өрүс бэтэрээ өттүгэр, тыылаах киһи эрдэн тылбаардан иһэрэ көһүннэ. В. Миронов

тылбаарыт

тылбаарыт (Якутский → Якутский)

тылбаарт диэн курдук
Кинилэр истиҥ тылларынан кэпсэтэн бүппүт дьон сиэринэн, кытыы диэки оргууй эрдэн тылбаарытан истилэр. М. Доҕордуурап
Тыылаах киһи тылбаарытан үөскэ тахсар уонна ыллыыр. В. Миронов

чолумнат

чолумнат (Якутский → Якутский)

чолумнаа диэнтэн дьаһ
туһ. Сэргэстэһэ эрдэн чолумнатан иһэн ону-маны кыралаан сэһэргэстибит. Н. Габышев
[Күн] ууллаҕас курустаал ууну Чолумната тыаһатар. К. Туйаарыскай

каноэ

каноэ (Русский → Якутский)

күрэхтэһии тыыта (илиинэн эрдэн курэх-тэһэргэ аналлаах тыы. 4-7 м. усталаах, үрдүк уонна хоппоҕор ойоҕостоох, анар өттүгэр эрэ салбахтаах эрдии-нэн эрдинэн куоталаһаллар.)