Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эрилий-бурулуй

туохт. Эргийэ хамсаа, эриллэҥнээ (ууну этэргэ). Вращаться, кружиться
Уу мэктиэтигэр эргийэ-эргийэ, эрилийэн-бурулуйан чөҥөрүйдэ. Эрилик Эристиин
Уу ньууругар мэҥ саҕа кыра-кыра харалар эрилийэ-бурулуйа усталлар. В. Сыромятникова
Өрүһүм барахсан …… мууһуттан босхолонон, эрчимнээх сүүрүгэ эрилийдэ-бурулуйда. ВМП УСС