Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эрэпириэссийэлээ

туохт. Эрэпириэссийэҕэ түбэһиннэр, буруйдаа. Применять карательные меры против своих граждан, репрессировать (о государстве)
Улахан кыыһын эрэпириэссийэлээн хаайаллар уонна ытан өлөрөллөр. Билигин кини сымыйанан буруйдаммыта толору дакаастанан турар. А-ИМН ОЫЭБЫ
Суостаах эрэпириэссийэлиир ыйаахтары, сокуоннары утаран, үрэх бастарыгар кыыл барыы — барыта тахсыбыта. Эрилик Эристиин
1945 сыллаахха сэбиэскэйдэр Соҕуруу Сахалины ылан баран Винокуров дьонун барыларын эрэпириэссийэлээбиттэрэ. «Чолбон»


Еще переводы:

эрэпириэссийэлэн

эрэпириэссийэлэн (Якутский → Якутский)

эрэпириэссийэлээ диэнтэн атын
туһ. Бөлөххөр саамай бастыҥ эрээри аҕаҥ эрэпириэссийэлэммит буолан, аспирантураҕа киирбэтэх үһүгүн. Е. Неймохов
Бу «дьыала» иһинэн, …… саха, нуучча тыһыынча кэриҥэ бастыҥ дьоно эрэпириэссийэлэммиттэрэ. «ХС»
Өрөспүүбүлүкэҕэ олоҕо суох эрэпириэссийэлэммит дьону, реабилитациялаан чиэһинэй ааттарын чөлүгэр түһэрдилэр. «Чолбон»

эрэпириэссийэлээһин

эрэпириэссийэлээһин (Якутский → Якутский)

эрэпириэссийэлээ диэнтэн хай
аата. Дьон саамай чулууларын эккирэтэ сылдьан эрэпириэссийэлээһин ыар сыллара бааллара. «Кыым»
Куоракка эрэпириэссийэлээһин, үрүҥ гвардеецтар бардам быһыылара бүрүүкээн турдаҕына да, көҥүлгэ сылдьар биһиги табаарыстарбыт ньыгыл революционнай өйдөрүн-санааларын көрдөрбүттэрэ. СБТТ