Якутские буквы:

Якутский → Якутский

этэһиэркэ

аат. Тирэх буолар эриэйкэ мастарга олордуллубут хас да долбуурдаах кинигэни эбэтэр араас малы уурарга аналлаах дьиэ тэрилэ. Предмет мебели в виде полочек, укреплённых на стойках друг над другом, этажерка
Кэбиниэккэ мас ыскаап, Эргийэр этэһиэркэ, Онно эҥин эгэлгэ Кинигэ да кинигэ. С. Данилов
[Үөрэх оҕотун муннугар] остуол, олоппос, этэһиэркэ эбэтэр кинигэ уурар долбуур баар буолаллара хайаан да наада. Дьиэ к. Хоско ойон киирэн, этэһиэркэҕэ үллүктэнэ сытар хаһыаттартан түүрэ харбаата. БТТ


Еще переводы:

эриэккэһиргээ

эриэккэһиргээ (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Олус дьиктиргээ, сөх-махтай. Изумляться, восхищаться
Уол дьарапалаанын эриэккэһиргээн, дьиктиргээн көрөн турда. Күндэ
Эриэккэһиргээбитим диэн баар — дьиэ эркинэ барыта этэһиэркэ. С. Федотов
«Туох дьикти холуубай?» — диэн биһиги эмиэ эриэккэһиргиибит. ВЛ РБЫ