Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эт-тыын

туохт. Үлүһүйэн, күүрэн туран ыпсарыылаахтык саҥар-иҥэр. Говорить пылко, складно, с воодушевлением, увлечённо
Оҕо-оҕо эрдэххэ Оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ, Эдэр-сэнэх эрдэххэ Этэн-тыынан биэриэҕиҥ. А. Софронов
Үөрүөх-көтүөх Күнүм үүннэ, Ыллыахтуойуох Санаам ыкта, Этиэх-тыыныах Кэмим кэллэ. Күннүк Уурастыырап
Ол гынан баран, кини үөрбүтүн-көппүтүн, эппитин-тыыммытын көрүөҥ этэ! Амма Аччыгыйа
Этэн-тыынан кимилдьит көр кимилдьит
Этэн-тыынан кимилдьитэр кэмигэр, мэктиэтигэр, омуннаах бэйиэт кэриэтэ этэ. С. Федотов

Якутский → Русский

эт-тыын=

говорить (охотно, безостановочно), разражаться тирадой.


Еще переводы:

кимилдьит

кимилдьит (Якутский → Якутский)

этэн-тыынан кимилдьит — кимиилээхтик, түргэнник саҥар-иҥэр. Говорить (выступать) много, уверенно, увлеченно, взахлеб
[Кини] этэн-тыынан кимилдьитэр кэмигэр, мэктиэтигэр, омуннаах поэт кэриэтэ этэ. С. Федотов

эдэрдиирэ

эдэрдиирэ (Якутский → Якутский)

даҕ., фольк. эдэр диэн курдук
Эдэрдиирэ дьоннорум Эҕэрдэнэн эккиннээн Этэн-тыынан иһиэҕиҥ! Саха фольк. Эдэр ыччат дьоннорум, Эдэрдиирэ эрдэххэ Эйэлээхтик көрсүөҕүҥ, Этэн-тыынан иһиэҕиҥ! Саха нар. ыр. III

төрүттэт

төрүттэт (Якутский → Якутский)

төрүттээ диэнтэн дьаһ. туһ. Оскуолаҕа дыраама куруһуогун бу кырдьаҕас этэн-тыынан төрүттэппитэ диэххэ сөп

көбүрүнээтэр

көбүрүнээтэр (Якутский → Якутский)

көр күбүрүнээтэр. Эппилиэттээх сарыннаах, Ыскаабалаах өттүктээх Көбүөрүнэ баһылыга Көбүрүнээтэр тойоҥҥо Этэр илэ-была тылбытын Иһитиннэрээри, Этэн-тыынан эрэбит. Саха фольк.

чахчас гын

чахчас гын (Якутский → Якутский)

чахчай диэнтэн көстө түһүү. Тардыллыбыт чаачар курдук Чаачахаан чахчас гынар, Итиэннэ обургуҥ Этэ-тыына саҥарар. И. Эртюков

эккэлээччи

эккэлээччи (Якутский → Якутский)

эккэлээ диэнтэн х-ччы аата
Этэн-тыынан бардахпына, Иэхэйинэн эккэлээччилэрим, Чуохайынан чохчоҥнооччуларым! Бука бары түмсүҥ эрэ! «Чолбон»

эгдэлдьит

эгдэлдьит (Якутский → Якутский)

туохт. Өрө көтөҕүллэн, өрүкүйэн, сэргэхтик туттан-хаптан саҥар-иҥэр, эт-тыын. Делать что-л. с жаром, с увлечением (напр., говорить)
Сергей Васильев Бордонскай баайсыытын утаран кытаанах быһаарыылары оҥорон, этэн-тыынан эгдэлдьиппитэ. С. Васильев
Күөххэ ойон күөгэлдьитэр, Күөрэлдьитэр үчүгэй. Этэн-тыынан эгдэлдьитэр Эриэккэһин үлүгэр. С. Тимофеев

эҕилдьит

эҕилдьит (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Биир тэҥ түргэннээхтик, эрчимнээхтик куоласкын араастаан оонньотон саҥар, ыллаа. Ритмично, звучно говорить, рассказывать, петь
Эриэккэстик этэн-тыынан Эҕилдьитэн киирдэҕинэ — Унаар-мунаар көрбүт Урааҥхай саха барахсан, Нохтолоох тойон сүрэҕэ долгуйан, «Ноо!» диирэ эбитэ үһү. П. Ойуунускай
Нөөрүктээйи олоҥхоһута Дьэрэкээн Силик олоҥхо сирин-дойдутун ситэрэн-силигилээн, этэн-тыынан эҕилдьитэн киирэрин хайҕаабыттара. «Чолбон»
Константин Константинович этэн-тыынан эҕилдьитэн, көрөн-истэн күлүмнэтэн биһигини билиһиннэрэ турбута. «ХС»

дьаадьаҥнат

дьаадьаҥнат (Якутский → Якутский)

дьаадьаҥнаа диэнтэн дьаһ
туһ. Таҥхай Баһылай уотун иннигэр умса нөрүйэн аргынньахтаабыт. Талах олоппоһун дьаадьаҥнатан иэҕэҥнии-иэҕэҥнии этэн-тыынан эҥсэлитэ олорор эбит. П. Аввакумов. Аҕам

кирбиитэн

кирбиитэн (Якутский → Якутский)

туохт. Харса суох эт-тыын. Говорить, выступать смело, отчаянно, решительно
Кириитикэ эрэ диидиилэр, Кирбиитэнэр доҕотторбут Халлааны да хабан сиилииллэр. И. Эртюков