Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эҕэрдэстээ

тыаһы үт. туохт. Бэлэһиҥ түгэҕин диэкиттэн быһыттаҕас дорҕооннору таһаар (хол., күлэргэр). Издавать прерывистые гортанные звуки (напр., при смехе)
Хабарҕатын түгэҕиттэн эҕэрдэстээн күллэ. А. Фёдоров
[Дьэбдьиэ:] Көр эрэ!.. Өссө күлэн эҕэрдэстээбит буола-буола... Л. Габышев
Ким эрэ истиэ диэбит курдук саҥа таһаарбакка, ис-иһиттэн эҕэрдэстээн ытаан барда. «ХС»
«Убайбар анаан-минээн тиниктээҕин биэрдим», — дии-дии, күлэн эҕэрдэстээбитэ. ЖЕА ТС