Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эҥийэлии

сыһ., фольк. Иҥнэри, кыҥнары, кыҥначчы (хол., бэргэһэҕин кэт). Криво, набок, набекрень (напр., надеть шапку)
Харахалыыр буобура Үстүүрүктүүр чүөччэрдээх Нуоҕайдаахый бэргэһэтин Эҥийэлии, дьэ, кэппит. С. Зверев
Биэс киис тириитэ бэргэһэтин Киргиллээх кэтэҕин үрдүгэр Эҥийэлии, кыҥнаҕайдыы уурунна. Күннүк Уурастыырап
Көҥдөй сарыы саадаҕын эҥийэлии, дьэ, кэппит. Саха фольк. [Хомуһу] Имигэстэй тарбаҕынан эргичитэн көрөн, иэдэстэрин сыыһыгар Эҥийэлии тутан, Дьарҕаа көмүс таҥалайыгар Дьаралыта ыллатан …… Бар дьон махталын иһиттэ. Н. Степанов

эҥийэлээ

туохт. Быган көһүн, быган таҕыс (хол., күн). Выглянуть, показаться (напр., о солнце)
Эбир былыт эҥийэлээтэ. ПЭК СЯЯ
[Айыы Сээн ампаар иһиттэн тахсан, чарапчыланан көрө-көрө:] О, күнүм барахсан …… хайы-үйэҕэ эҥийэлээбит. Суорун Омоллоон
Икки муостаах саҥа ый Илин халлаан иитигэр Эҥийэлээн таҕыста. С. Васильев


Еще переводы:

киргиллээх

киргиллээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Түөһүгэр чүөччэрдии, кэтэҕэр дьураалыы үрүҥнээх; кырымахтаах (киис туһунан). С белым кружочком на груди, с седой прядью на затылке (о соболе)
Киргиллээх киис кэһиилээх …… Киэҥ Симиил хатын [үрэх]. Өксөкүлээх Өлөксөй
Киргиллээх кэтэхтээх, Килбиэннээх кылааннаах Киис барахсан. П. Тобуруокап
Эбирдээх, дьураалаах. Рябой, пятнистый, полосатый
Киргиллээх сымыыт. ПЭК СЯЯ
Киргиллэрдээх уктардаах …… Эбир тускуу хамыйаҕын Эҥийэлии тоһуйбут. С. Зверев
Киис киргиллээҕэ — киис саамай бастыҥа. Лучший из соболей
[Кулун Куллустуур] Киис гиэнин киргиллээҕинэн …… Таҥныбыт киһи эбитэ үһү. ТТИГ КХКК
Киис киргиллээҕин курдук, Кыыс тахсан сүгүрүйдэ. И. Чаҕылҕан
Киһи киэнэ киргиллээҕэ көр киһи. Киһи киэнэ киргиллээҕэ …… Урааҥхай киэнэ улуута эбит бу киһи! Суорун Омоллоон
Киһи киэнэ киргиллээҕэ, Бухатыыр буулаҕата Багдаллан турар эбит. П. Ядрихинскай
[Микииппэр] киһи киэнэ киргиллээҕэ. Күндэ