аат., түөлбэ. Ис хоһооно иһиллибэт аймалаһар улахан хаһыы, айдаан. ☉ Гомон, гвалт
Балачча өр соҕус үөстээҕилэр үймээлэрэ да тохтообото, тыатааҕы ыгылыйан барбыта да биллибэтэ. Н. Кондаков
Үөр куба өрөгөйдөөх үймээтин абылаппыттыы көрөн-истэн турдум. И. Данилов
Биһиэннэрэ [сүөһүлэр] — боччумнаахтар, истигэннэр. Уопсайдар — туох да үймээтин билиммэттэр, мээнэлэр. К. Уткин