Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үймээлээ

туохт., түөлбэ. Туох да бэрээдэгэ суох айман, аймалас. Поднять гомон, гвалт
Кинилэр [көтөрдөр] даҕаны айылҕа сааскы малааһыныттан тииһээри үймээлииллэр. И. Данилов
[Өлүөнэ] …… ходуһатыгар сарсыарда эрдэ үгүс-элбэх киһи үөрэкөтө үймээлээн, ырыа-тойук кынаттанан киирэннэр, от охсон кууһуннаран бардылар. «ХС»
Икки сиэн үймээлээтэҕинэ, эбэ сүрэҕэ ытырбахтыыр, ньилбэгэр олордон таптаан ымманыта-ымманыта аһын бастыҥын аһата сатыыр. «Кыым»


Еще переводы:

үймээлэс

үймээлэс (Якутский → Якутский)

үймээлээ диэнтэн холб. туһ. [Оҕонньоттор оонньууларыттан] дьон эбии күлүстүлэр, ытыстарын таһыннылар, үймээлэстилэр, үмүөрүстүлэр. И. Данилов

үймэлээ

үймэлээ (Якутский → Якутский)

көр үймээлээ
Дьэ, ол курдук үймэлээбиппитин син өйдөөтүлэр быһыылаах. Н. Кондаков
Тохтооҥ, чуубурҕаамаҥ! Күтүрдэр үймэлээтэхтэрэ сүрүн! «Чолбон»
Арай, саа эстибэтэ, киһим ыппата, оттон кубалар үөрэкөтө үймэлээн тус хоту диэки көтөн субуһа турдулар. И. Данилов