үксэт диэнтэн холб. туһ. Үрүҥ туллук курдук дуу, Үөрдүһээхтээн сылдьаммыт Үчүгэйдиир үйэбитин Үксэтиһэн иһиэҕиҥ. Суорун Омоллоон
Никита Данилович үйэлээх сааһын тухары сир үрдүгэр үчүгэйи үксэтиһэ, үйэлээҕи үрдэтиһэ сылдьан кырдьа быһыытыйда. В. Титов
«Мин үлэм өрөспүүбүлүкэм үлэтин үксэтиһэр» диэн хамсааһыҥҥа кыттан, үөрэнээччилэр производственнай биригээдэлэрэ үчүгэй түмүктэри ситистэ. «Кыым»