даҕ., поэт. Түллэҥниир, өрүтэ үллэҥниир (долгун туһунан этэргэ). ☉ Вздымающийся, крутой (о волнах)
Бу иирэр күүрээннээх үллэҥэ долгуттар Очуос таас тэллэҕин күллүргүү охсоллор. П. Ойуунускай
Мин таптыыр хотугу дойдубар Ыҥырар знамя буоланнар, Үрдүбэр кытыаста турдуннар Үөмэхтэс үллэҥэ долгуннар! Л. Попов
Иирэр үллэҥэ долгуттар, ытыллар хараҥа былыттар улуу очуос уотун умуруораары мөхсөлллөр. «ХС»