туохт. Үрэххэ бар, айаннаа (үксүгэр тэйиччи сытар сиргэ бултуу, оттуу барары этиллэр). ☉ Отправляться в путь в сторону дальней речки (обычно охотиться или косить сено)
Буруо сыттаах барбыт чэйи иһээт, илиммин таймабын тиэнэн үрэхтээтим. Сэмээр Баһылай
Быйыл от үүнүүтэ быстар мөлтөх. Турартурбат барыта оттуу үрэхтээбиттэрэ. И. Сосин
Булчуттар оҥостон-тэринэн үүтээннэрин сөхсүтэ, сохсолорун абырахтыы үрэхтээбиттэрэ. А. Фёдоров