Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үтүрээ

туохт. Ыган тиийэн кэл, ааҥнаа (улахан иэдээн-алдьархай, өлүүсүтүү туһунан этэргэ). Наступить, нагрянуть, навалиться (о больших бедствиях)
Мин аҕаһым Ытык Хахайдаан обургу, кэл эрэ! Өлөр күн дьэ үтүрээтэ, хаалар күн дьэ хаххалаата, суон ойуур курдук өһөх хааны үктэллэнэн кэлэн, дурда буол эрэ. Саха фольк. Сэрии үтүрээн киирбит сирдэриттэн куотан дойду улаҕа өттүн диэки баран иһээччи мөлүйүөнүнэн дьон хоргуйан өлбүттэрэ. Эрилик Эристиин
Ол үлүгэрдээх өлүү үтүрээбититтэн ханнык албаһынан ордон хаалабыт? Үтүө сүбэҕиттэн бэрис. Р. Кулаковскай